Санатар буоллахха бу бырайыак саҥа үйэ оҕотугар сахалыы куту-сүрү иҥэриигэ, сахалыы сиэргэ-туомҥа иитиигэ аналлаах. Бу бырайыак Ньурба куоратын «Сардаҥа” эбээлэрэ кыттыгастаах ыытыллар .
Быйылгы дьылга Ньурба №3 оскуолатын 1«а»(сал. Охлопкова Е.Г) уонна 3”в”(сал.Винокурова И.А) кылаастарын кытта нууччалыы эттэххэ сетевой взаимодействиеҕа киирэн бииргэ үлэлэһэн эрэбит. Бу сырыыга тэрээһиммит «Дьөһөгөйгө” ананна. Сахалар былыр былыргыттан ынах, сылгы ииттинэн, аһаан-сиэн, тириитин таҥас гынан иитиллэн олорбуттара. Ол иһин саха норуотугар сылгы Үрүҥ күн суолталаах саха үҥэр таҥарата буолар. Үрүҥ айыы тойон ини – биитэ, сылгы айыыта Күрүө Дьөһөгөй кыыһын биэҕэ кубулутан , Орто дойдуга түһэрбит. Бу биэ төрөппүт оҕото Айыы Дьөһөгөй аймаҕын төрүттүүр. Ол иһин сахалар бэйэлэрин “Дьөһөгөй оҕолоробут” дэнэллэр.
Бары билэрбит курдук Саха сирин гербэтэ (дьаралыга) –Ат буолбута мээнэҕэ буолбатах эбит.
Саха ата барахсан элбэхтик ырыаҕа ылланан, хоһооҥҥо хоһуллан турар. “Сардаҥа” эбээлэр түмсүү ырыаһыта, оһуохайдьыта Александра Васильевна Догуева оҕолорго аты хоһуйан-ойуулаан тойук туойан иһитиннэрдэ. Оҕолортон 1 кылаас үэрэнээччитэ Попов Сандал эмиэ “Кулунчук” диэн хоһоонун аахта.“Сардаҥа” эбээлэр түмсүү чилиэннэрэ: Дыбысовская Т.Н «Ат миинэр миҥэ, көлүнэр көлө”, Петрова А.Н “Ат тэрилэ, киэргэлэ уонна сиэлтэн-кылтан араас чэбдигирдэр оҥоһуктар”, Гаврильева Л.Н “Сылгы этэ, кымыһа” диэн саха ата барахсан этэ, сыата, хаана эмтээҕин, түүтэ, кыла кытта доруобуйаҕа туһалааҕын кэпсээтилэр. Оҕолорго анаан норуот маастара Петрова А.Н оҥорбут ат симэҕин-киэргэлин, кылтан-сиэлтэн оҥоһуктарын быыстапкатын сөҕө-махтайа көрдүлэр, тутан-хабан, кэтэн да көрдүлэр. Оннооҕор ат барахсан оһуордаах-мандардаах киэргэлин саамай күүстээх уол ат буолан туран эрэ көхсүгэр уурдаран көрдө, ыйааһына ыараханын онно өссө эбии таһаҕас бөҕө ууруллан тиэллэрин, ат олус күүстээҕин сөхтүлэр, омун-төлөн буолан ыллылар. Эбээлэр бэлэмнээн аҕалбыт бырпахтарын, буһарбыт сымнаҕас алаадьыларын, сыалаах эттэрин сиэн астыннылар.
Икки хамаандаҕа арахсан ,харахтарын саба баанан туран бүгүн кэпсэммит аты уруһууйдаан көрдөрдүлэр ону учууталлара уустаан-ураннаан кэпсээн көмүскээтилэр.
Хас биирдии оҕо, манна көрө кэлбит төрөппүттэр саха сылгыта ымыылааҕын, кылтан-сиэлтэн оҥоһуллубут оҥоһуктар куһаҕан тыыны кыйдыыр, арчылыыр-араҥаччылыыр аналлаахтарын, этэ, сыата, кымыһа эмтээҕин чиҥник биллилэр. Холобур : сылгы көхсүн хаанын сылаастыы истэххэ сэниэ киирэр, хаана аҕыйах киһиэхэ хаан эбиллэр, атаҕа - сиһэ ыалдьар киһи сылгы мэйиитин сүөгэйгэ буккуйан баран соттор эбит, сылгы хабаҕын хатаран баран сүүскэ, оройго баанан төбө ыарыытын эмтииллэр (оборон ылар) эбит.
Онон оҕолорго олус туһалаах тэрээһин буолан ааста. Оҕолор барахсаттар үөрэн-көтөн аныгыскы тэрээһиҥҥэ эмиэ кэлиэх буолан тарҕастылар.
Давыдова Валентина Яковлевна – ЦДНТТ педагога, “Мин Айыы сирин о5отобун” бырайыак салайааччыта, муус устар 16 к.
|